СДЕЛАЙТЕ СВОИ УРОКИ ЕЩЁ ЭФФЕКТИВНЕЕ, А ЖИЗНЬ СВОБОДНЕЕ

Благодаря готовым учебным материалам для работы в классе и дистанционно

Скидки до 50 % на комплекты
только до

Готовые ключевые этапы урока всегда будут у вас под рукой

Организационный момент

Проверка знаний

Объяснение материала

Закрепление изученного

Итоги урока

Бэйэни иитиини уонна уорэтинии

Нажмите, чтобы узнать подробности

О5ону, эдэр ыччаты т?р?пп?ттэр, оскуола, коллектив уонна общественность бары иитиэхтээхтэр диэн с?пк? суруйаллар. Ол гынан баран о5о, эдэр ыччат, хас биирдии ки?и, ким эрэ кинини иитэрин-??рэтэрин кэтэспэккэ, бэйэтин бэйэ итэ5эстэрин, ал5астарын к?ннэтэ була сатыахтаа хуонна ону сорунантуран, бары кыа5ын, кы?амньытын т?мэн к?нн?р?н??гэ кы?аныахтаах.

Просмотр содержимого документа
«Бэйэни иитиини уонна уорэтинии»





Сивцева Надежда Ивановна.,

Нам улууьун 2 Хомустаах орто оскуолатын

технология учуутала



Бэйэни иитиини уонна үөрэтинии.

О5ону, эдэр ыччаты төрөппүттэр, оскуола, коллектив уонна общественность бары иитиэхтээхтэр диэн сөпкө суруйаллар. Ол гынан баран о5о, эдэр ыччат, хас биирдии киһи, ким эрэ кинини иитэрин-үөрэтэрин кэтэспэккэ, бэйэтин бэйэ итэ5эстэрин, ал5астарын күннэтэ булла сатыахтаах уонна ону сорунан туран, бары кыа5ын, кыһамньытын түмэн көннөрүнүүгэ кыһаныахтаах.

Киһи төрүө5үттэн бэрт буолан төрөөбөт эбэтэр биир күн үчүгэй буолан хаалбат. Киһи бэйэтин майгытын эмиэ күн аайы тупсарар, итэ5эһин көннөрөр, үчүгэйгэ үөрэнэр. Онон киһи бэйэтин бэйэтэ киһи гынар, бэйэтин бэйэтэ үчүгэй оңорор.

Киһи барыта бу сиргэ о5о буолан төрөөн, сүүрэн-көтөн эдэр сааһын аһарар, улахан киһи буолан кырдьар, кэхтэр. Ордук кэрэ эдэр сааска оло5у-дьаһа5ы дириңңик толкуйдаабакка, ээл-дээл сылдьыы диэлийэн ылаттыыр… Киһии бэйэтэ саныыр санаалаах, өйдүүр өйдөөх буолара ордук билигин, бутуур-булкуур кэмңэ наада буолла.

Мин бэйэм сыалым-соругум, бэйэм суолум-ииһим диэни ырыңалаан ыйдыңырдар, көрбүтүн барытын күлүк курдук үтүктэн испэккэ, бэйэтин күн аайы эллэнэр, чочуйар, тупсарар эрэ киһи сүнньүн булан сылдьар буолла. Улаатан, дьон-сэргэ аартыгар тахсан эрэр эдэр ыччат бэйэтигэр сыана бэринэн, кимин-тугун чинчилэнэн көрөрө, майгытын-сигилитин көннөрөр курдук үлэлиирэ хайаан да5аны туһалаах буолуо этэ.

Бэйэни иитинэргэ, үөрэтиниигэ санаммыт киһи хайаан да5аны ханнык эмэ уһун со5ус кэмңэ толоруллар соруктаах уонна былааннаах буолуохтаах. Итини Макаренко хойукку кэскил диэн ааттаабыта. Ханнык ба5арар киһи туох эрэ үчүгэйгэ, кэрэ5э, дьолго тардыһар. Биллэн турар, киһи общество ортотугар олорор, үлэлиир. Онон дьиңңээх дьол диэн буолуохтаах – общество ортотугар бэйэ5э сөптөөх миэстэни булунуу, норуокка айар үлэнэн туһаны биэрии.

О5о бэйэтин иитиниитэ, үөрэтиниитэ маңнайгы кылаастан са5аланыан сөп диэн суруйар бэйэтин өр сыллааах опытыттан улуу педагог П.Н.Самсонов. Биһиги санаабытыгар диир кини, бэйэни иитинэргэ, үөрэтинэргэ эдэр дьон, сипит кырдьа5ас дьон күннэтэ кыһаныахтаахтар диэн. Онон төрөппүттэр бэйэни иитиниигэ уонна үөрэтиниигэ олохтонон айар үлэни көрдөрөллөрө о5олорун-урууларын общество5а чахчы туһалаах дьон гына иитэллэригэр биир суол төһүүнэн буолуох этэ. Биллэн турар күүстээх санаа5а уонна сыралаах үлэ5э төрүттэнэр.

Онон киһи бэйэтин бэйэтэ иитиниитин бары бииргэ, биир санаанан ылынарбыт наадалаах. Хас биирдии о5о, киһи сыал-сорук туруорунуохтаах: олох кэрэтин сыаналыырга, харыстыырга, до5ор буоларга, көмөлөһүү.

Бэйэни сыаналаныы психолог, төрөппүт, учуутал, социальнай педагог – бу түөрт күүс көмөтүнэн ыытыллар. Кини түмүгэ о5о бэйэтин суобаһын кытта бэйэтэ кэпсэтэн – Мин хайдах киһибиний? Мин уратым тугуй? Мин бу күн сиригэр туох аналлаах төрөөбүппүнүй? Мин дьиң өйүм миигин туохха салайар? Мин оло5ум суола тугуй? Мин окко түспүт сэрэбиэйим тугуй, ону буллум дуо? Ону булунарга кыһанным дуо? диэн ыйытыыларга кыайан эппиэттииргэ бэлэмниир уонна бэйэтин булунан, салайынан суолун тыырынарыгар о5о5о кыах биэрэр. Бэйэни сайыннарыы төрдө –араас дьарык ситимигэр уонна ол ситимнэргэ бэйэни сыаналааһын.

Бу бэйэни булууга уонна сайыннарыыга тиэрдэр. Бэйэтин булбут киһи ханна да5аны, ханнык да түгэңңэ бэйэтигэр эрэллээх, бэйэтин сэнэммэт, бэйэтэ тус көрүүлээх, дьиң өйдөөх, атыннык эттэххэ, бэйэтин тус оло5ун булбут дьоллоох киһи буолар.

Киһи бэйэтэ саныыр санаалаах, өйдүүр өйдөөх буолара ордук билигин, бу бутуур-булкуур кэмңэ наада буолла. Этэргэ дылы, үрдэр антах, ө5үрүйдэр бэттэх, барбыты кытта барса, кэлбити кытта кэлсэ сылдьар, өйө-төйө суох үтүктэрин эрэ билэр киһиттэн үтүө тахсара ыараата.

О5ону оскуола сааһыттан иитэн-үөрэтэн,бэйэтин билинэр буолан тахсарыгар олук ууруллуохтаах. Араас иитиилээх, майгылаах, көрүүлээх, санаалаах ыал о5олоро кэлэллэр. Олор бары ким –туох талааннаа5ынан, кыахтаагынан, ба5алаахтарынан көрөн араас дьарыктарга сылдьаллар. Хомойуох иһин сорох о5олор оңорон-тутан көрө да иликтэринэ, мин сатаабаппын, билбэппин диэн бэйэлэригэр эрдэттэн сыал туруорунан кэбиһэллэр. О5о бэйэтин кыа5ын билиммэт. Эрдэттэн огону кытта бииргэ дьарыктаныахха,үлэлиэххэ наада. Бэйэтин санаатын этинэ уорэниэхтээх. Соро5ор о5о мээнэ саңар да саңар буолар, ону улахан киһи буойан, сөп буолуо саңарыма диэн буойабыт.. О5о бэйэтин ис иһиттэн, толкуйдаан тугу эрэ этиэн ба5арар буолан саңара сатыыр. Ону биһи буойуо суохтаахпыт. Оскуола5а сорох учууталлар үчүгэй үөрэхтээх, активнай позициялаах о5олору эрэ кытыннара сатыыллар. Наар кыттар эрэ о5олор кытталлар. Атын о5олор хаалан хаалаллар. О5о син биир тугу эрэ оңорон, кыттыһан иһиэхтээх. Ону улахан киһи салайан, ыйан- кэрдэн биэриэхтээх. Онно учуутал, кылаас салайааччыта улахан оруоллаах. Уонна төрөппүт өйөбүлэ, көмөтө хайаан да наада.

О5о бэйэтин кыа5ын араас күрэхтэргэ, куонкурустарга, быыстапкаларга холонуон сөп. Билигин о5олорго араас куонкурустар бо5ото хаһыатынан, интернетынан тахсаллар. Соро5ор о5о дьиэтиттэн олорон эрэ кыттыан соп. Төрөппүттэр бэйэлэрэ сүүрэн-көтөн, о5олорун туһугар кыһаныахтаахтар.

Мин бэйэм иитэр үлэ5э бастаан оскуола, онтон нэһилиэк иһинэн кыргыттарга аналлаах конкурстары тэрийэн ыыппытым быйыл 11 сылым. Бу күрэх кыыс кэрэтин тас кэрэтэ эрэ буолбакка, кини киэң эйгэ5э бэйэтин тутта-хапта сылдьыытын, сиэрэ-майгыта, тыла-өһө, ис санаата, талаана быһаарар. Кылаас наар кыттар эрэ оголоро буолбакка, бары уочаратынан баран иһэллэр.Хаьан да улахан сцена5а тахса илик, кытта илик кыргыттар, олох атын буолан көстөллөр. Ол кыттыбыттарыттан бэйэлэрин итэ5эстээх курдук санаммакка, мин да кыахтаах эбиппин дии сананаллар. Манна төрөппүт көмөтө улахан, ким кыттыахтаа5ын эрдэттэн билэллэр, бэлэмнэнэллэр. Манна мин улахан бол5омтону сахалыы таңаска уурабын. Таңас омук культуратын биир дьоһун суолталаах, киэң-куоң салаата буолар. Саха таңаһа бэйэтэ баай историялаах, улахан уратылаах. Саха кыыһа ким тугу кэппитин үтүктүбэккэ, бэйэтигэр сөп таңаһы сатаан таңынна5ына, «ис минэ кыыс» буолар кыахтаах. Ону сыл аайы илэ харахтарынан көрөн, сэргээн, дьууллээн, иһэллэр. Онон хас сыл аайы кыттар кыргыттар бэйэлэригэр сахалыы таңастаах буолаллар. О5олор бэйэлэрэ ба5аран туран дьарыктаналлар, кытталлар. Бу конкурсу саңаттан саңа уолаттар тахсан саңаран-инэрэн, көхтөөхтүк ыыталлар. Тэрээһини ыытыыга оскуола бары үлэһиттэрэ, тороппүттэр, тэрилтэ салайааччылара күүс-көмө, тирэх буолаллар.

Улаатан, дьон-сэргэ аартыгар тахсан эрэр эдэр киһи манан сирдэтэн бэйэтигэр сыана бэринэн, этэргэ дылы, плюс-минус туруорунан, кимин-тугун чинчилэнэн көрөрө, майгытын-сигилитин көннөрөр курдук үлэлиирэ хайаан да5аны туһалаах буолуо.

«Үрүҥ Уолан» күрэхтэрэ



«Туйаарыма уонна Кэрэчээнэ Куо» куонкурус













«Ай-тал» муода театра