СДЕЛАЙТЕ СВОИ УРОКИ ЕЩЁ ЭФФЕКТИВНЕЕ, А ЖИЗНЬ СВОБОДНЕЕ

Благодаря готовым учебным материалам для работы в классе и дистанционно

Скидки до 50 % на комплекты
только до

Готовые ключевые этапы урока всегда будут у вас под рукой

Организационный момент

Проверка знаний

Объяснение материала

Закрепление изученного

Итоги урока

Хоһооннор ийэ кунугэр

Нажмите, чтобы узнать подробности

Просмотр содержимого документа
«Хоһооннор ийэ кунугэр»

Мин Ийэм барахсан
Амарах дуьалах
Ыраас-кэрэ майгылах
Элбэх уту8 санаалах
Курук мигин 8йдур, 8йур, у8рэтэр,
Такыйар, таптыр, манылыр,
Кыратык атаахтатан да ылар.
Ийэм баар буоллан
Мин бу кун сирин к8р8бун,
Ийэм баар буолан
Мин дьоллохпун!
Кун Кубэй Ийэбэр
Улахан махталбын этэбин
8сс8 8р сылларга мигин аран,ачылы сырыт
Доруобай буол, куруук у8рэ-к8т8 сырыт!
Тапталлах Ийэкээм )

Кэрэчээн бу сибэкки кэриэтэ мин ийэкэм, эйэ5эс мичээрин бэлэхтиэ, сандарар бу саьар5а тыгарын миэхэ санатта элэккэй куолаьа дуорайыа.

Ийэ эн кэрэ бэйэ5эр сылаас тапталбын инэриэм
ийэ эн уту8 майгыгар куруук урдуктук махтаныам

ку8рэйэр кун сырдыгар эн олоххун сырдатыам кун тэннэ кун кубэй ийэкэм кэрэтиэн бу айыл5а эйэ5эстик к8рустум эйигин курук мин кунду киьим

Ийэ5э анаммыт хоьооннор

Мин ийэм учугэй
Мин ийэм – миэхэ кунду.
Мин ийэм сылаас астаах,
Мин ийэм сылаас илиилээх
Мин ийэм учугэй мичээрдээх
Мин ийэбин таптыыбын
Ийэтэ суох киьи сатаан олорбот.


Ийэ –саамай кунду киьи
Ийэтэ суох – о5о суох
Ийэ баар буолан
Биьиги баарбыт.
Ийэ аьа минньигэс,
Ийэ – аьа тотоойу.
Ийэм миигин утутар,
Ийэм миигин уерэтэр,
Ийэм миигин таптыыр
Ийэм миигин атаахтатар.


Мин ийэм мин туспар кыьаллар,
Учугэй киьи буоларбар уерэтэр
Куну быьа тубугэ элбэх
Ол иьин хойут утуйар.
Сарсыарда эрдэ туран
Аьатан оскуола5а атаарар
О5о буолан тэннэ оонньуур,
Остуоруйа кэпсиир,ункуулуур
Мин сахалыы санарар буоламмын
Ийэбин «ийэ» диэн ынырабын.


Ийэбин таптыыбын
Ийэбин ахтабын
Учутал кэпсээнин
Бол5ойон истэммин
Уерэхпэр кыьаллыам.
Биэс сыананы ылыа5ым
Ийэбэр тереебут кунугэр
Биэстэрбин бэлэхтиэм.


Мин ийэм
Астаабыт
Булочкатын курдук сыттаах.
Мин ийэм
Дьону убаастыырга
Уерэтэр.
Ийэ баар буолан
Дьоллоохтук сананабын.


ИЙЭ БАРАХСАН

Этиҥ эрэ,
Оҕолоор,
Эһигини биһиктээн,
Киммит
Маннык оҕолоон
Киһи гынар
Бүөбэйдээн?
— Күндү ийэ барахсан!
Этэр
Сылаас тылынан
Эмиэ киммит
Саататар,
Эҥин нарын
Ырыанан
Эһигини утутар?
— Көмүс ийэ барахсан!
Этиҥ,
Киммит кичэйэн
Үтүө суолга Үөрэтэр,
Эһигини тэрийэн
Үөрэнэргэ көҕүтэр?
— Кини, Кини барахсан!
— Кини —
Ийэ барахсан!

ийэ
Күн сирин көрдөрөн
Көмүскээн-харыһыйан ииппит,
Күүһүрдэн-улаатыннаран
Көччөх гынан көтүппүт,
Көлөһүннээх дьүһүннээх.
Күкүр-икир таҥастаах
Көмүс күндү күкүллэхпин –
Күн ийэм эмээхсин эрэйдээҕи
Ыраатан-тэлэһийэн сылдьаммын
Эмиэ өйдөөн тиийэн кэллим,
Өйдөөт, үөһэ тыынан ыллым…

Ычах кыра буоламмын,
Ытанньах муҥнаах эрдэхпинэ
Ытыы-ытыы эрэйдэнэрэ,
Ыллаан-туойан саататара,
Ырыган тобугар олордоро,
Ыксары кууһан ылара…

Тымныыттан күрэтэн,
Тырыттыбыт
Ырбаахынан үллүйэрэ.
Итииттэн саһыаран,
Илбирийбит былаатынан бүрүйэрэ.
Этэр тылын минньигэһэ,
Итии тыынын эйэҕэһэ
Эккирэтэ сылдьан баар, —
Экчи умнуо суохпун!..
Ийэбин, күн-күбэй ийэбин,
Эмиэ өйдөөн тиийэн кэллим,
Өйдөөт, өрүкүйэ аҕынным…

Утуйан-нухарыйан сыттахпына
Оргууй, оргууй хаамара,
Сылаас, сылаас баҕайытык
Сыллаан, уураан ааһара.

Ыарытан ыксыыр күннэрбэр
Ыга кууһан сытара.
«Күөрэгэйим көттөҕүнэ
Күнүм-ыйым сүттүн,
Күнүнэн көмүллүүм», — диэхтээн,
Көнө-күндү хараҕа
Күөл уунан туолара…
Күн ийэ диэнтэн
Күһэлтэни көрбөтөх,
Күөх окко күөлэһийэр
Көҥүл оҕо сааспар
Күлэ-үөрэ көрсөрүн,
Күллээх таҥаспын тэбиирин
Күндүтүк өйдүүбүн!

Ороммор уһуктан сыттахпына
Уҥуох илиитинэн имэрийэрэ,
Араас тапталлаахтык саҥарара,
Ааспыт өттүн ахтара,
«Атаҕастабылтан арахсаар» — диирэ…

Алыс мэник уолчаан
Атастарбын кытары
Айаас сылгы буолан
Алаас тыатын туораан
Атаралаан сылдьаммын
Алдьаппытым ааҕыллан,
Абырахпыт элбиирэ, —
Аттыбар куруук баар,
Адьас умнуо суохпун!..

Ийэм эрэйдээх, эйиэхэ
Эдэр сааспынан андаҕайан
Экчи тылбын этэбин:
Элбэх сааһыҥ адаҕыйан,
Иэгэйэ кырдьар кэмнэргэр,
Эрэйгин, ахтаргын билбэккэ,
Эйиэхэ эргиллэн кэлбэккэ,
Эйигин быраҕан бараммын,
Иэтэр-туотар буоллахпына, —
Эрэйдэнэн-буруйданан ииппиккин
Экчи ыттыы былдьаабыт,
Хааннаах хара көлөһүҥҥүн
Хара суордуу халаабыт,
Ханныктан даҕаны хараҥа
Хара түөкүн буоламмын,
Халыҥ үйэм устатыгар
Харыаста-кэмсинэ сылдьыым,
Ханыыттан кыбыста кырдьыым…

ИЙЭБЭР БЭЛЭХ

Чээлэй күөх сибэкки
Кэрэтин талан,
Ийэбэр бэлэхтиэм —
Истиҥник иэйиэм.

Ийэкэм барахсан
Долгуйа үөрүе,
Мин күндү бэлэхпин
Сүрэҕэр тутуо.

БИҺИГИ МААМАБЫТ

Күн сирин үрдүгэр Үөрэрдиин үчүгэй,
Күн курдук саныырбыт, Күлэрдиин минньигэс,
Күндүттэн күндүбүт Тыынардыын ичигэс —
Күн күбэй ийэбит — Биһиги маамабыт.
Биһиги маамабыт.
Амарах сүрэхтээх, Күнүһүн үлэлээх,
Аһыныык дууһалаах, Киэһэтин түбүктээх,
Сайаҕас санаалаах, Бэрийэр-харайар,
Сымнаҕас майгылаах — Биһиэхэ кыһанар —
Биһиги маамабыт. Биһиги маамабыт.

Мин ийэни айхаллыыбын,
Олоҕу саҕалыыр аанньалбытын.
Бастакы иринньэх тапталбытын,
Атахпытыгар туруорбут киһибитин.
Кинилэргэ алгыспын этэбин,
Эдэрлэргэ эмиэ сүбэлиибин,
Күн да сырдыга чуҥкук буолуоҕун
Кинилэр бааллара киэргэтэрин.
Кэннибитигэр кэтэһэ хаалар,
Кэлэрбитигэр үөрэ көрсөр.
Күннэтэ өрүү ахтар, суохтуур
Атын киммит баарый, доҕотторуом?
Мин ийэни ыллыыбын,
Кини сэмэйин уонна тулуурун.
Хомойорун, хоргутарын кистиирин,
Сылааһынан эрэ сыдьаайарын.
Доҕотторуом, ийэҕитин харыстааҥ.
Үҥэр-сүктэр аанньалбытын.
Кини баарыгар дьиэбит сылаас,
Ыалдьыт-хоноһо мэлдьи элбэх.

 Ийэ

Аҥардас тапталын уоҕунан
Ийэ арыт соҕотоҕун
Иитэлээн таһаарар уонунан
Эмдэй-сэмдэй оҕолорун.
Эһиги хомотор буолумаҥ
Ийэҕитин, оҕолорум.

Кини улахан оҕотунан
Көрдөрөр кыра оҕотун:
Ийэҕит дьиэнэн-хотонунан
Эргийиэр диэри олоруҥ,
Дьиэҕитин-уоккутун хомунан
Дьикти бэлэҕи оҥоруҥ.

Ийэ итиннэ олоҕунан,
Эдэрдэргэ холобурун,
Этиэ, мэктиэлиэ иэйэн туран
Элбэх оҕолоох ордугун,
Элбэх оҕо ийэтэ буолан
Итии тапталы булбутун.

Оттон бэйэтэ уутун умнан
Оҕолуур ыалдьар оҕотун,
Арыт түүҥҥү түннүккэ туран
Алгыыр ыраах баар оҕотун —
Ийэ оҕотун олоҕунан
Олорон ааһар олоҕун.

Кэрэ диэн кыыһынан, уолунан
Киэн тутта ийэ олордун,
Эйэҕэс мичээрин уотунан
Ийэ сир иэнин толордун!
Эһиги хомотор буолумаҥ
Ийэҕитин, оҕолорум.

Ийэ

Аҥардас тапталын уоҕунан
Ийэ арыт соҕотоҕун
Иитэлээн таһаарар уонунан
Эмдэй-сэмдэй оҕолорун.
Эһиги хомотор буолумаҥ
Ийэҕитин, оҕолорум.

Кини улахан оҕотунан
Көрдөрөр кыра оҕотун:
Ийэҕит дьиэнэн-хотонунан
Эргийиэр диэри олоруҥ,
Дьиэҕитин-уоккутун хомунан
Дьикти бэлэҕи оҥоруҥ.

Ийэ итиннэ олоҕунан,
Эдэрдэргэ холобурун,
Этиэ, мэктиэлиэ иэйэн туран
Элбэх оҕолоох ордугун,
Элбэх оҕо ийэтэ буолан
Итии тапталы булбутун.

Оттон бэйэтэ уутун умнан
Оҕолуур ыалдьар оҕотун,
Арыт түүҥҥү түннүккэ туран
Алгыыр ыраах баар оҕотун —
Ийэ оҕотун олоҕунан
Олорон ааһар олоҕун.

Кэрэ диэн кыыһынан, уолунан
Киэн тутта ийэ олордун,
Эйэҕэс мичээрин уотунан
Ийэ сир иэнин толордун!
Эһиги хомотор буолумаҥ
Ийэҕитин, оҕолорум.

ИЙЭМ
Ийэм миэнэ
иистэнньэҥ.
Миэхэ тиктэ
ырбаахы.
Ийэм тикпит
таҥаһын
сөбүлээммин
кэтэбин.
Үөрэ- көтө
дайабын.

ИЙЭ
Ийэ- олоҕу бэлэхтиир,
Ийэ- олоххо маарынныыр,
Кини- күҥҥэ тэҥнэнэр,
Күн күбэй Ийэ дэтэр.

Ийэҕин харыстаа

Атаахтатар, үөрэтэр,
Амарах сүрэхтээх ийэккэҥ.
Аан дойдуну ититэр
Аламай күҥҥэ эрэ тэҥ.

Үчүгэй киһи буоларгар
Өрүү кини кыһанар,
Арыт-арыт мөхтөр да,
Атаас, иһигэр аһынар.

Аччыктыаҕа оҕом диэн
Араас аһынан аһатар.
Сыллаан-уураан киэһэтин,
Сылаас ороҥҥо утутар.

Тахсан буорга киртиппит
Таҥаскын өрүү сууйар.
Сытыаҕын да баҕардар,
Сылайан, хойут утуйар.

Ыарыйдаххына кини эрэ
Ыксыа, ытыа, айманыа.
Түүнү быһа арахпакка
Таскар олорон ыарыылыа.

Мэниккин уонна аны
Киртийбит да бэйэҕин
Таһыйдаҕына даҕаны,
Таптыыр эбээт эйигин.

Ийэ диэн күндү киһи,
Киниэхэ тэҥнээх ким баарый?
Ийэ диэн күн киһи,
Кинини өрүү харыстаарый!

ТАПТЫАҔЫҤ ИЙЭНИ!

Күн көрүө — от үүнүө,
Сибэкки тэтэриэ.
Күнэ суох туох үүнүөй? —
Күөх сирэм күкээриэ.

Ол тэҥэ — күн тэнэ
Эн ийэҥ, мин ийэм.
Ийэтэ суох иинэн,
Иһийиэ сир ийэ.

Күндүттэн күндүнү,
Кэрэттэн кэрэни,
Күөх сирэм сир күнүн —
Таптыаҕын ийэни!

Ийэттэн төрүүллэр
Генийдэр, геройдар,
Долгуннуу үксүүллэр,
Үүнэллэр норуоттар.

Эн, кини уонна мин
Ийэттэн кэлбиппит,
Ийэбит эмиийин
Илгэтин испиппит.

Күндүттэн күндүнү,
Кэрэттэн кэрэни,
Күөх сирэм сир күнүн
Таптыаҕын ийэни!

Хараҥа хаххалыа —
Күн өһөн барыарыа,
Былыты тыал ыһыа —
Күн күлүм чаҕыллыа.

Оҕотун сор булуо —
Ийэҕэ күн өһүө,
Оҕото дьоллонуо —
Күн курдук күлүмнүө.

Күндүттэн күндүнү,
Кэрэттэн кэрэни,
Күөх сирэм сир күнүн —
Таптыаҕыҥ ийэни

Үрдүк күн соҕотох,
Аан дойдуҥ эмиэ биир,
Ийэ сир оҕото,
Эн ийэҥ эмиэ биир.

Ийэккэҥ сүрэҕэ
Эн түөскэр тэбиэлиир.
Лениннии ийэҕэр
Эрдээхтик иитилин!
Күндүттэн күндүнү,
Кэрэттэн кэрэни,
Күөх сирэм сир күнүн
Таптыаҕыҥ ийэни!

Эн Ийэ дойдугун,
Ийэҕин таптыыр буол,
Оҕоҕун-уруугун
Ийэлии иитэр буол!

Ханна да бардаргын —
Ыл ийэҥ алгыһын,
Ханна да буолларгын –
Ийэҕин эн аҕын!

Күндүттэн күндүнү,
Кэрэттэн кэрэни,
Күөх сирэм сир күнүн —
Таптыаҕыҥ ийэни!

Кун курдук мичээрдээх,

Сып-сылаас илиилээх,

Нап-намыын сурэхтээх, уоскутар алыптаах.

Тоойуом диэн  тыллаах

Амарах дууьалаах

Комускэс санаалаах

Сымна5ас майгылаах

- Ити барыта биьиги кунду ийэлэрбит. 

Монтаж

Ийэ5ин харыстаа. С. Тимофеев

Атаахтатар, уорэтэр,

Амарах сурэхтээх ийэккэн.

Аан дойдуну ититэр


Аламай куннэ эрэ тэн. 

Учугэй киьи  буоларгар

Оруу кини кыьанар,

Арыт-арыт мохтор да,


Атаас, иьигэр аьынар. 

Аччыктыа5а о5ом диэн

Араас аьынан аьатар.

Сыллаан-уураан киэьээтин,


Сылаас оронно утутар. 

Тахсан буорга киртиппит

Танаскын оруу сууйар.

Сытыа5ын да ба5ардар,


Сылайан, хойут утуйар. 

Ыарыйдаххына кини эрэ

Ыксыа, ытыа, айманыа.

Тууну быьа арахпакка


Таскар олорон ыарыылыа. 

Мэниккин уонна аны

Киртийбит да бэйэ5ин

Таьыйда5ына да5аны


Таптыыр эбээт эйигин. 

Ийэ диэн кунду киьи,

Киниэхэ тэннээх ким баарый?

Ийэ диэн кун киьи,

Кинини оруу харыстаарыый! 











































































Ийэ5э анаммыт хоьооннор

Мин ийэм учугэй
Мин ийэм – миэхэ кунду.
Мин ийэм сылаас астаах,
Мин ийэм сылаас илиилээх
Мин ийэм учугэй мичээрдээх
Мин ийэбин таптыыбын
Ийэтэ суох киьи сатаан олорбот.




Ийэ –саамай кунду киьи
Ийэтэ суох – о5о суох
Ийэ баар буолан
Биьиги баарбыт.
Ийэ аьа минньигэс,
Ийэ – аьа тотоойу.
Ийэм миигин утутар,
Ийэм миигин уерэтэр,
Ийэм миигин таптыыр
Ийэм миигин атаахтатар.




Мин ийэм мин туспар кыьаллар,
Учугэй киьи буоларбар уерэтэр
Куну быьа тубугэ элбэх
Ол иьин хойут утуйар.
Сарсыарда эрдэ туран
Аьатан оскуола5а атаарар
О5о буолан тэннэ оонньуур,
Остуоруйа кэпсиир,ункуулуур
Мин сахалыы санарар буоламмын
Ийэбин «ийэ» диэн ынырабын.














Ийэбин таптыыбын
Ийэбин ахтабын
Учутал кэпсээнин
Бол5ойон истэммин
Уерэхпэр кыьаллыам.
Биэс сыананы ылыа5ым
Ийэбэр тереебут кунугэр
Биэстэрбин бэлэхтиэм.




Мин Ийэм барахсан
Амарах дуьалах
Ыраас-кэрэ майгылах
Элбэх уту8 санаалах
Курук мигин 8йдур, 8йур, у8рэтэр,
Такыйар, таптыр, манылыр,
Кыратык атаахтатан да ылар.
Ийэм баар буоллан
Мин бу кун сирин к8р8бун,
Ийэм баар буолан
Мин дьоллохпун!
Кун Кубэй Ийэбэр
Улахан махталбын этэбин
8сс8 8р сылларга мигин аран,ачылы сырыт
Доруобай буол, куруук у8рэ-к8т8 сырыт!
Тапталлах Ийэкээм )





Ийэ –саамай кунду киьи
Ийэтэ суох – о5о суох
Ийэ баар буолан
Биьиги баарбыт.
Ийэ аьа минньигэс,
Ийэ – аьа тотоойу.
Ийэм миигин утутар,
Ийэм миигин уерэтэр,
Ийэм миигин таптыыр
Ийэм миигин атаахтатар.