СДЕЛАЙТЕ СВОИ УРОКИ ЕЩЁ ЭФФЕКТИВНЕЕ, А ЖИЗНЬ СВОБОДНЕЕ

Благодаря готовым учебным материалам для работы в классе и дистанционно

Скидки до 50 % на комплекты
только до

Готовые ключевые этапы урока всегда будут у вас под рукой

Организационный момент

Проверка знаний

Объяснение материала

Закрепление изученного

Итоги урока

Научнай – чинчийэр улэ тиэмэтэ: «С.С. Васильев - Борогонскай «Эрчимэн Бэргэн» олонхотунан остуол оонньуутун оноруу»

Нажмите, чтобы узнать подробности

Просмотр содержимого документа
«Научнай – чинчийэр улэ тиэмэтэ: «С.С. Васильев - Борогонскай «Эрчимэн Бэргэн» олонхотунан остуол оонньуутун оноруу»»

Г.В.Егоров аатынан Муру 1№-дээх орто оскуолата










Научнай – чинчийэр улэ тиэмэтэ: «С.С. Васильев - Борогонскай «Эрчимэн Бэргэн» олонхотунан

остуол оонньуутун оноруу»











Толордо: 5 «в» кылаас уерэнээччитэ

Терехова Вика

Г.В.Егоров аатынан Муру 1№-дээх орто оскуолата

Салайааччылар:

Павлова Наталья Васильевна –

уруьуй, технология учуутала

Аргунова Лариса Васильевна-

Саха тылын, литературатын учуутала






2021г.

Иьинээ5итэ





  1. Киирии тыл…………………………………………………………………3

  2. I туьумэх. Сахалыы остуол оонньуулара…………………………...........4-6

  3. 1.1.Олонхо диэн тугуй?………………………………………………….6-7

  4. 1.2. Олонхо дьоруойдарынан остуол оонньуулара о5о5о туьалара……7

  5. II туьумэх.С.С. Васильев-Борогонскай «Эрчимэн Бэргэн» олонхотун аа5ыы, ырытыы ……………………………………………………………. .7-9

  6. 2.1. С.С. Васильев-Борогонскай «Эрчимэн Бэргэн» олонхотунан остуол оонньуутун оноруу…………………………………………………………10-12

  7. Тумук тыл…………………………………………………………………..12

  8. Туhаныллыбыт литература………………………………………………..13

  9. Сыьыарыылар……………………………………………………………..14














Киирии тыл

Оҕо өйүгэр иҥэриитэ, оҥорон көрүүтэ, өйгө тутуута, болҕомтото, өйдүүр дьоҕура оонньууннан сайдар. Ол аата – о5о оонньоото5уна сайдар диэн. Хайдах оонньууну оонньуон нааданый? Мин саныахпар ебугэлэрбит оонньууларын уерэтэн, чинчийэн о5олорго оонньотуохтаахпыт, то5о диэтэр иитэр-уерэтэр суолталаахтар, о5о бары еттунэн сайдарыгар улахан суолталаахтар. Кистэл буолбатах билигин мин до5отторум, мин бэйэм эмиэ телепуеннэ араас дьэрэкээн ойуулаах оонньуулары, мультиктары, бэлэм мастер-класстары кере уерэннибит.

Актуальность. Остуол оонньуурун ненуе о5олорго С.С.Васильев- Борогонскай «Эрчимэн Бэргэн» олонхотун билиьиннэрии.

Тэлэбиисэргэ уйул5а улэьитэ эппитэ: «Наар бэлэм информацияны ыла уерэммит о5о айар-тутар дьо5ура сайдыбат», – диэн. Мин наьаа телепуенунэн улуьуйбэппин, ол эрэн толкуйдуур дьо5урбун бэрэбиэркэлээри маннык саба5алааьыны туруордум:

Саба5алааьын (гипотеза) С.С.Васильев - Борогонскай «Эрчимэн Бэргэн» олонхотунан остуол оонньуурун айан-онорон таьаарыы.

Дакылаат сыала: С.С.Васильев - Борогонскай «Эрчимэн Бэргэн» олонхотун о5олорго остуол оонньуурун ненуе сырдатыы.

Сорук:

-«Эрчимэн Бэргэн» олонхону аа5ыы;

- Олонхо дьоруойдарын уобарастарын уруьуй ненуе арыйыы;

-С.С.Васильев- Борогонскай «Эрчимэн Бэргэн» олонхотунан остуол оонньуурун айан оноруу.

Ньыма:

-себулээн туттар материалбынан дьэрэкээн гына уруьуйдааьын, уруьуйдуур дьо5уру сайыннарыы;

-сахалыы остуол оонньууларын уерэтии, оонньоон боруобаланан керуу;

-сахалыы остуол оонньуурун айарга информация хомуйуу.


1 туьумэх. Сахалыы остуол оонньууларын туhунан

Федоров А.С. «Ебугэлэрбит оонньуулара» кинигэтиттэн

Хабылык

Хабылык былыр-былыргыттан саха дьон умсугуйан оонньууллара. Ордук о5о аймах курэхтэьэн сиргэ остуолга эбэтэр олоппоско тогуруччу олорон бэрт кохтоохтук оонньуулара. Былыргы кырдьа5астар кыьынны кылгас кэмнэ о5олоро хабылык оонньуулларын боболлор эбит. Эьиги халлааны аймыыгыт. Ити оонньууттан тымныы сэтэриир-диэн хабылыктарын арыт оьоххо быра5ан уматан кэбиьэн аймал5аны тардаллара уьу. Оччо5о о5олор дьонноро утуйбуттарын кэннэ оьох кэннигэр оонньууллара.

Хабылык маһа 16 см уһун, 9 см кэтит, 4мм халыҥ буолар. Ахсаана 30 устуука. 2 мунуутэ оонньонор. Оонньооччу хабылыгы ытыһыгар ууран баран өрө быраҕаат, илиитин көхсугэр түһэрэн ылар. Өссө биирдэ быраҕаат, чопчу биир хабылыгы харбаан ылыахтаах. Бутэһик биэс хабылык хааллаҕына барытын хабан ылан баран биири ылар, эбэтэр эмиэ биири эрэ хабан ылыахтаах. Бутэһик ус хабылык хааллаҕына эмиэ уһуөннэрин хабан ылан баран биири ылар, эбэтэр биири эрэ ылар. Бутэһик хабылыгы ытыһыгар ууран баран өрө быраҕаат, ылгын чыкыйа уонна аата суох тарбахтар ыккардыларыгар кыбытан ылыахтаах. Икки мунуутэ бутуөр диэри оонньонор, элбэҕи ылбыт бастыыр. Киһи илиитэ, тарбаҕа имигэс, чуолкай хамсаныылаах буола сайдар.

Хабылыгы билигин ханна ба5арар оонньуоха соп. Хамаанданан да курэхтэьиини тэрийиэххэ эмиэ то5оостоох оонньуу.

Хаамыска

Хаамысканы биир отто 1,5 см кубик мастан эбэтэр бил балык сиьин тоно5оьунан оноьуллар. Ахсаана 5 буолуохтаах. Бу оонньууга хас ба5арар киьи кыттыан соп.

Биир хаамыска кэрдиистээх ол-баьылык буолар. Ыытааччы хаамыскалары уоьэ быра5ар. Оонньооччу дьон хабан ылыахтаахтар. Кимиэхэ баьылык тубэспит ол са5алыыр. Бастакы оонньооччу биэс хаамысканы уна ытыьыгар тутар. Биирин уоьэ туордун остуолга ыьа быра5аат уоьэ бырахпыт хаамыскатын хабар. Онтон биир хаамысканы уоьэ быра5ар, атыттары хамсаппакка эрэ остуолтан биири ылаат уоьэ бырахпытын хабар. Хаалбыттарын биирдиилээн остуолтан хомуйар, бырахпыт хаамыскатын олорго холбуу уна ытыьыгар хабан иьэр. Итинник биир хаамыскыны уоьэ быра5а-быра5а аатыттарын ыьа быра5аат – иккиьигэр остуолтан иккини биирдэ, тордуьугэр – туорду бииргэ холбуу хабар, бэсиьигэр - биирдии хаамысканы остуолга субуруччу ууран, онтон барыларын биирдэ сотон ылар. Алтыс арааьа – атын оонньооччу ыйбыт хабарга мэьэйдээх хаамыскатын хамсаппакка эрэ уьуоннэрин бииргэ, онтон ыйыллыбыт хаамыскыны халбыйан ылар. Сэттис арааьа - остуол улаханнык тыаьыар диэри тонсуйан 4 хаамысканы биирдэ хомуйар. Ахсыьыгар оонньооччу ханас илиитин сомуйэтин орто тарба5ын уоьэ токуруччу тутан баран суктэрэр. Орто тарбах уонна тойон эрбэх тоболорунэн остуолга тайанар. Хаамыскаларын барытын уна илиитигэр ылар. Илиитин тиэрэ тутан ханас харытын аннынан уган илиитин нонуо остуолга ыьар. Оонньоччулар мэьэйдээх хаамысканы ыйаллар, ону таарыйбакка эрэ бэьис хаамысканы хаба-хаба атыттары биир-биир тарбахтарын быыьынан таьаарар бутэьэгинэн-ыйыллыбыт хаамысканы.

Ити курдук 8 тогул сыыспакка оонньообут кыайар. Хаамысканы муччу туппут, ыйыллыбыты таарыйбыт сынньанар.

Тырыынка

Тырыыҥка тутум уһуннаах, испиискэ маһыгар маарынныыр синньигэс буолар. Аҥар илиигэ сөпкө бобо тутуллар ахсааннаах. Биир тырыыҥка төбөтун токурутан, ньуоска гыналлар. Оонньооччу тырыыҥканы хаҥас ытыһынан остуол урдугэр туруору тутар, уҥа ытыьын тырыыҥка урдугэр ууран баран, эмискэ ыһыктар. Тырыыҥка остуолга ыһылла туһэр. Туспа сытар тырыыҥканы саҕалааччы бэйэтэ хомуйан ылар. Баттаһа туспут тырыыҥканы ньуосканнан өйөөн-убаан соһон ылар. Атын маһы хамсатта да, бу киһи тохтуур, уочараттаах киһи оонньуур. Тырыынка бутуөр диэри оонньуу салҕанан бара турар. Элбэҕи ылбыт оонньооччу хотор. Манна мээнэ долгуйан салҕалаабат, чуолкай туттуулаах, кыраҕы харахтаах, сэрэхтээх, тулуурдаах киһи кыайар.

1.1. Олонхо – саха норуотун тылынан уус – уран айымньытын саамай урдук чыпчаала, уйэттэн уйэлэр тухары колуонэттэн колуонэ5э бэриллэн испит дирин ис хоьоонноох айымньыта буолар.

Олонхо биьиги обугэлэрбит, торуттэрбит былыргы олох костуутун уустаан – ураннаан кэпсээьиннэрэ буолар. Сырдык –харана куурсуутэ, киьи модун санаатын, кууьун – уо5ун, кыа5ын «айыы –айма5ын» араначчылыыр урдук аналын хоьуйуу костор.

Олонхо киьи чиэьин урдуктук тутарга, киьини сыаналыырга, норуот угэстэрин, сиэрин — туомун тутуьарга, ыччаты куустээх – уохтаах, дьулуурдаах буоларга, сиэргэ – майгыга иитэр.

Былыр норуот олонхо5о умсугуйуута, тардыьыыта тубэьиэхчэ буолбатах. Оччолорго уорэх – сайды намыьах кэрдиискэ турар кэмигэр олонхолооьун улахан культурнай суолталаа5а. Олонхоьут – айылҕаттан суду талааннаах киьи. Ылбычча киьи санаата да олонхолоон барбата биллэр. Онуоха эбии олонхоьут буоларга угус сыра, эрэй, дьулуур, баҕа наада. Уопсайынан олонхоьут бары оттунэн дэгиттэр талааннаах буолара. Кини дор5оонноох тойуксут уонна алгысчыт, сээркээн сэьэнньит уонна алыптаах остуоруйаьыт, чабыр5ахсыт уонна угэьит — киьи. Уус - ураннык хоьуйан, кэпсээн, ойуулааьын искусствотын баьылаан, сахалыы тойугулаан, кылыьахтаах ырыаны дьиэрэтэн толоруу, ону таьынан олонхоьут хас биирдии геройун санатын, тойугун, тус - туьунан уратылаахтык оруолга киирэн толорор буолаллара.

Билигин тоьо олонхоьут тороон – уоскээн ааспытын этэр олус уустук, кучумэ5эй. Урукку оттугэр, Г.В.Ксенофонтов суруйарынан, хас нэьилиэк аайы уонунан аа5ыллар олонхоьуттар бааллара. Ол эрэн хомойуох иьин билигин олонхоьут ахсаана сэдэхсийдэ. Саха норуота элбэх аатырбыт олонхоьуттаах, ол курдук: Прокопий Ядрихинскай (Нам), Сергей Зверев (Сунтаар),И.Г. Тимофеев – Теплоухов (Чурапчы), Д.М.Говоров – олонхоьут Миитэрэй (Уус–Алдан), Е.И.Иванова (Амма), Табаахырап (Таатта), Т.В.Захаров – Чээбий (Амма), Н.Степанов – Ноорой (Мэнэ —Ханалас), Абрамов – Кынат (Мэнэ — Ханалас) буолаллар.

1.2. Сахалыы остуол оонньуулара туох туhалаахтарый?

Ебугэлэрбит айыл5аларын кытта алтыьан, ейдерун-санааларын сайыннараары, эттэрин - хааннарын чэбдигирдээри сыл хайа ба5арар кэмигэр сеп тубэьиннэрэн араас курэхтэри тэрийэллэрэ. Олохторугар-дьаьахтарыгар сыьыаннаах араас оонньууну толкуйдууллара, бэйэ-бэйэлэрин кытта куен керселлере.

Мин бэйэм ус ебугэлэрбит остуол оонньууларын себулээн оонньуубун: хабылык, тырыынка уонна хаамыска. Бу оонньуулар киьини бол5омтолоох буоларга, мэйии улэтин, ейге инэриини, ейге тутууну, тургэн, сытыы хамсаныылаах буолары сайыннараллар. Сахалыы остуол оонньуутугар араас курэхтэри ыыталлар.

  1. Туьумэх. С.С. Васильев-Борогонскай «Эрчимэн Бэргэн» олонхотун аа5ыы, геройдар уобарастарын ырытыы

Мин С.С. Васильев - Борогонскай «Эрчимэн Бэргэн» олонхотун «Саха суруйааччылара о5олорго» - диэн кинигэ сериятыттан аа5ан баран кылгастык тугу ейдеебуппун суруйабын.

Сурун герой – Айыы бухатыыра Эрчимэн Бэргэн .

Эрчимэн до5оро Хаачылаана Куо

Хаачылаана Куо бииргэ тереебут убайа Айыы бухатыыра Араат Мохсо5ол

Олонхолоох о5онньор барахсан о5олор «Олонхолоо» - диэн олуйбуттарыгар куерэтэн-дьиэрэтэн барда.

Олорбуттара эбитэ уьу Эриэн тойон о5онньор уонна Эбириэлдьин хотун эмээхсин, кинилэр о5олоро суох эбит. Кэмниэ – кэнэ5эс хампа кемус баттахтаах уол о5о теруур. Бу о5о наьаа тургэннник улаатар эбит:

Биир хоноот – биирдэнэр,

Икки хоноот – иккилэнэр,

Ус хоноот – устэнэр,

Омуннаахтык улааппыт.

Ол улаатан иьэн уоллара эмискэ сутэр, о5онньордоох эмээхсин уолларын сутэрэн айманаллар. Уоллара биир утуе кун тиийэн кэлбит. Арай ейдеен кербуттэрэ:

Ус тегул

Урдээбит эбит,

Туерт тегул

Телеьуйбут эбит.

Ол курдук Эрчимэн Бэргэн олордо5уна биирдэ Ексеку кыыл кэлэн сымыйа сура5ы тар5атан Араат Мохсо5ол эйиигин уехтэ диэн киксиннэрэр. Эрчимэн Бэргэн кыыьыран охсуьа барар, хас да хонук охсуьаллар, сэниэлэрэ эстэр. Ол сырыттахтарына Араат Мохмо5ол балта Хаачылаана Куо кэлэн:

Айыы сирин

Аарыма бухатыырдара буолан баранныт,

Ааьар былыт

Албаьыгар киирэннит,

Сырдык тыыннытыгар

Ымсыырсан эрэ5ит…

Тохтоон, уоскуйун…

диэн этэн иккиэннэрин уоскутар. Охсуьан бутэллэр. Хаачылаана Куо санарар санатын керен - истэн Эрчимэн Бэргэн себулуур, кэргэн ылыан ба5арар. Эмискэ Ексеку кэлэн Хаачылаана Куону кэргэн ыл диир. Хаачылаана Куо ийэлээх а5атыттан кыыскытын миэхэ ойох гына биэрин диэн кердеьен, ону о5онньордоох эмээхсин кыыспыт тугу да сатаабат дииллэр ону сирбэт буоллаххына себулэьэбит дииллэр. Онуоха Эрчимэн Бэргэн бу курдук этэр:

-Эрэйдэннэ5инэ иистэнньэн буолуо,

Аччыктаата5ына асчыт буолуо,

Харахтыын хай5аан,

Сурэхтиин себулээн олоробун – диир.

Ол курдук уруу тэрийээри сырыттахтарына хара суордар хаьыытаан ааьаллар, арсыын тиистээх Уот Урбалдьын обургу алта атахтаах ала атын миинэн аллара дойдуттан Хаачылаана Куо барахсаны илдьэ бараары аймал5ан тардар. Ону Эрчимэн Бэргэн кыыьыра туьэр уонна до5орун, Айыы дьонун кемускээри охсуьар. Уон куну быьа охсуьаллар, сэниэлэрэ эстэн сыталлар, ол сытан биьиги киьибит кеме кердуур. Ол кердеьерун чуор кулгаахтаах Кыыда Тугуттай обургу кэлэн быыьыыр - абырыыр. Ол кэннэ Эрчимэн Бэргэн сэниэ ылан баран иьэн кыталык кетеру керсер, Урун Аар Тойон ыыппыт елбет мэнэ уутун биэрэр уонна илдьитин этэр: «Хаарчылаана Куону Чункунуур Чуура бухатыыр кэлэн уоран ылан хара таас сымыыт гынан ыйыстан кэбиспит» – диэн. Кыыьы быыьыы барар. Чункунуур Чуура бухатыыры кытта олус уьуннук охсуьаллар:

Орулуур отут хонугун мэлдьи,

Утуйбакка-олорбокко охсустулар …


Ити курдук Эрчимэн Бэргэн кыайар-хотор уонна улуу уруу ыьыа5ын тэрийэллэр. О5онньордоох эмээхсин алгыс ал5ааннар кыыстарын Хаачылаана Куону Эрчимэн Бэргэннэ эргэ биэрэллэр. Олонхолоох о5онньор олонхотун тумуктээтэ о5олор бары баьыыбалаатылар.





    1. . Васильев-Борогонскай «Эрчимэн Бэргэн» олонхотунан остуол оонньуутун уруhуйдаан оноруу

Араас остуол оонньууларын уерэтэн баран, бэйэм уруьуйдуурбун себулуур буоламмын ол ньыманан туьанан ус араас судургу быраабылалаах оонньууну онордум. Бу оонньуулар эрдэ толкуйдаммыт оонньууларга майгынныыллар:


  1. «Ойуу паратын бул» - «Эрчимэн Бэргэн» олонхотуттан 12 кыра уруьуйу онорон баран копиялаан 24 карточканы онордум. Бу оонньууну икки киьи оонньуур. Ким элбэх ойуу пааратын булбут ол кыайыылаа5ынан тахсар;


«Пааратын бул» карточканан оонньуу уруьуйа







  1. «Пазл» - Эрчимэн Бэргэни уруьуйдаан копиялаан икки гына онорон кырыйан пазл онордум. Икки киьи оонньуур. Быраабылата: ким тургэнник пазл таьаарбыт ол кыайыылаа5ынан тахсар;


Пазл ойуута «Эрчимэн Бэргэн»

  1. «Чайнворду таай» - бу оонньууну хас да о5о оонньуон сеп. Урокка да туттуохха сеп. Быраабылата: «Эрчимэн Бэргэн» олонхо геройдарын аатын бул. Ким тылы барытын булбут ол кыайыылаа5ынан тахсар.


«Чайнворд»

Тумук тыл

С.С.Васильев-Борогонскай «Эрчимэн Бэргэн» олонхотун аа5ан-уерэтэн элбэ5и биллим. Олонхо хас биирдии геройа ураты туспа хатыламмат уобарастаах, утуе майгы кыайыылаа5ынан тахсар диэн ессе биирдэ бигэргэттэ. Дакылаат сабыдыалын (гипотеза) анаара туолла дии саныыбын: С.С.Васильев- Борогонскай «Эрчимэн Бэргэн» олонхотунан ханна да суох остуол оонньуурун айан-онорон таьаарыы. Олонхону о5о5о оонньуу ненуе уерэтэр саамай табыгастаах ньыма буолар диэн тумуккэ кэллим.

Инникитин чинчийибин ситэрэн-хоторон тупсаран онорорго диэн сыал-сорук туруоруннум.



Туьаныллыбыт литература

  1. Федоров А.С. Ебугэлэрбит оонньуулара/И.Ю.Пестряков ойуулара.- Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1992-48 с.

  2. Федоров А.С. Саха терут оонньуулара/.-Дьокуускай : Бичик, 2011-96с.

  3. Олонхолор/ Сергей Васильев-Борогонскай ; [хомуйан онордо С.С.Донская ; киирии тылын суруйда В.В.Илларионов]. – Дьокуускай : Бичик, 2018. – 272 с. – (Саха суруйааччыларга – о5олорго).

  4. Тереебут литература : 6 кылаас : хрестоматия : икки чаастаах / Е.М. Поликарпова, Л.Ф. Молукова, С.Г. Олесова ; [А.Н.Баишев, А.В.Постникова ойуулара]. – Дьокуускай : Бичик, 2016. – с. – («Саха оскуолата» систиэмэ).



































Улэ тугэннэрэ





Пазл ойуутун оноруу











10