«Остуоруйа алыптаах дойдутугар»
Тест
1. «Куобах туһунан остуоруйа» ханнык норуот остуоруйатай?
А) нуучча остуоруйата
Б) эбэҥки остуоруйата
В) Саха остуоруйата
2. Бэрт былыр куобах, эмиэ тииҥ курдук, сахсайбыт …
А) кулгаахтааҕа
Б) кутуруктааҕа
В) түүлээҕэ
3. Эмээхсин куобаҕы саайаары көмүлүөк оһоххо өйөнөн турар тугу ылбытай?
А) хомуос
Б) үөттүрэх
В) маһы
4. «Үрүҥ эһэ мунна тоҕо хараный» ханнык норуот остуоруйатай?
А) дьүкээгир остуоруйата
Б) Саха остуоруйата
В) нуучча остуоруйата
5. Булчуттар үрүҥ эһэни тоҕо туппуттарай?
А) оҕону, дьахтары моһуоктуур
Б) этин, түүтүн туһанаары
В) үрүҥ эһэни зоопаркаҕа илдьээри
6. «Төбөтө уонна төрдө» диэн остуоруйаҕа эһэ уонна киһи тугу олордубуттарай?
А) оҕурсу
Б) эриэппэ
В) сибэкки
7. «Эн эппитин да курдук буоллун» диэн тыллары ханнык остуоруйа5а этэллэрий?
А) Куобах туһунан остуоруйа5а
Б) Төбөтө уонна төрдө
В) Үрүҥ эһэ мунна тоҕо хараный?
8. «Дьэрэкээн о5олор» остуоруйаны ким суруйбутай?
А) П.Н. Тобуруокап
Б) Суорун Омоллоон
В) Пантелеймон Тулааһынап
9. «Дьэрэкээн о5олор» остуоруйа5а о5олор тугу иитэллэрий?
А) Ынах
Б) Кулунчук
В) Тарбыйах
10. Хас хонук буолан баран Алаа Мо5ус кэлиэх буолбутай?
А) 9
Б) 7
В) 10
11. «Дьэрэкээн о5олор» о5олор уһааттаах ууга тугу угаллар этэй?
- А) тоһоҕо
- Б) сордоҥ
- В) сымыыт
12. Алаа Мо5ус кэлэригэр о5олор ханна саһалларый?
А) орон анныгар
Б) тииккэ ытталлар
В) дьиэ кэннигэр
13. «Сулустар уонна ый хайдах үөскээбиттэрин туһунан» остуоруйаны ким суруйбутай?
А) Суорун Омоллоон
Б) Баһылай Уһунуускай
В) Петр Тобуруокап
14. Ини- бии диэн кимнээ5и ааттыыбытый?
А) бииргэ төрөөбүт эдьиийдии балты кыргыттар
Б) бииргэ төрөөбүт убайдыы бырааттыы уолаттар
В) бииргэ төрөөбүт убайдыы эдьиий
15. Көмүс манньыаттар туохха кутуллубут этэй?
А) сундукка
Б) мөһөөччүккэ
В) хобордооххо
16. Көмүс манньыаттар туох буолбуттарай?
А) ый
Б) сулус
В) хаар
17. Ханнык остуоруйаны сөбүлээтиҥ? Тоҕо? Суруй.