Талан таай Василий Егорович Васильев – Харысхал «Туу – Хаах» кэпсээнинэн
Толордо: Соморсун орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала Ефремова М.Н.
Т үһүмэхтэр
Оҕо сааһа
Борбуйу көтөҕʏʏ
2 баал
Дуоспуруннаныы
2 баал
4 баал
Аччыктааһын
4 баал
6 баал
2 баал
8 баал
6 баал
4 баал
2 баал
4 баал
8 баал
6 баал
8 баал
6 баал
8 баал
I түһүмэх: Туу – Хаах оҕо сааһа
2 баал:
Туу – Хаах дьиңнээх аата.
Сөптөөх хоруй:
Түөрт Харах
4 баал:
Доҕорунаан күнү быһа тугу оонньоон тахсаллар этэй?
С өптөөх хоруй:
Алаас иһигэр лыаҕы эккирэтэ,
аһыңаны тута оонньууллара.
6 баал:
Ол сылдьан туохха түбэспиттэрэй?
С өптөөх хоруй:
Тигээйи уйатын мээчик диэн оонньоору тигээйигэ тиктэрбиттэрэ.
8 баал:
Туу – Хаах саамай сөбүлүүр үлэтэ.
Бу үлэтин кини тугун иһин сөбүлүүр этэй?
С өптөөх хоруй:
Саамай сөбүлүүр үлэтэ ынах хомуйуу, тоҕо диэтэххэ эбээ эмээхсин ынаҕын ыан бүттэҕинэ Туу – Хаахха үүт бэрсэр этэ.
II түһүмэх: Борбуйу көтөҕʏʏ
2 баал:
Туу – Хаах хаһаайынын аата.
С өптөөх хоруй:
Уйбаан
4 баал:
Туу – Хаах ойууру тугун иһин сөбүлээбитэй? Ситэр: «Ойуур ыт мунна баппат иһириктэригэр, сыбардарыгар, лиңкинэс мастарын кэтэҕэр туох эрэ сүрдээх улахан ……... иңэринэн турарга дылыта. Сырыы аайы …..... …… билэрэ».
С өптөөх хоруй:
Кистэлэңи
Саңаттан саңаны
6 баал:
Хаһаайынын кытта аан бастаан ойуурга тахсарыгар туох моһолго түбэспитэй?
С өптөөх хоруй:
Куобаҕы эккирэтэбин диэн куобах туһаҕар иңнэн бэйэтэ «куобах буола сыспыттаах».
8 баал:
Туу – Хаах аан бастакы улахан булда .
С өптөөх хоруй:
Тайах.
III түһүмэх Дуоспуруннаныы
2 баал:
Туу – Хаах тыаттан сылайан – элэйэн киирэрэ. Бу кэмңэ кини тугу соччо сөбүлээбэт буолбутай?
Сөптөөх хоруй:
Уйбаанчык үлбүрүйэрин.
4 баал:
Туу – Хаах улаатан, дуоспуруннанан хайдах ыкка кубулуйбутай?
Сөптөөх хоруй:
Лоңкунас хойуу саңалаах, модьу атахтардаах, кэтит түөстээх, ытарча курдук кытаанах сыңаахтаах, улахан хара ыкка кубулуйбута.
6 баал:
«Биир сарсыарда эмиэ куолуларынан тыаҕа тахсыбыттара. Туу – Хаах бастаан иһэн эмискэ үрэн баргыйа түспүтэ. Уйбаан сүүрэн тиийбитэ ыта тииһинэн арҕаһын харбанан баран, тула холоруктуу сылдьара …»
Туу – Хаах туохха түбэспитэй? Бу иннинэ кимниин туох кэпсэтии буолбутай?
Сөптөөх хоруй:
Бөрө айатыгар түбэспитэ.
Бу иннинэ биир эбэңки булчута кэлэн Уйбаантан Туу - Хааҕы көрдөөбүтүн биэрбэтэҕин иһин улаханнык өһүргэммитэ уонна сааммыта.
8 баал:
Сааһыары, бултарын болдьоҕо бүтэрэ чугаһаан эрдэҕинэ, Уйбаан ытын, саатын хаалларан баран, кыра үүтээнин эһиилгээңңэ диэри курулуу барбыта. Бу баран Уйбаан туохха түбэспитэй?
Сөптөөх хоруй:
Эһэҕэ.
IV түһүмэх: Аччыктааһын
2 баал:
Биир сайын Туу – Хаах хаһаайына ханна барбытай уонна ытыгар тугу этэн барарый?
Сөптөөх хоруй:
Сэриигэ барар.
«Сотору аччыктааһын бөҕө буолуо. Кытаат, дьоңңун хоргутумаар! Эрэнэрим эрэ диэн эн!» – диэн этэр.
4 баал:
Биирдэ күһүн муус туруута Туу – Хаах тугу бултаан иһэн ханнык кыыл суолугар таба тайанарый?
С өптөөх хоруй:
Куобаҕы бултаан иһэн биир кыра соҕус тайах ааспыт суолугар түбэһэр.
6 баал:
Туу – Хаах тайаҕы хайдах гынан өлөрөрүй?
Сөптөөх хоруй:
Тииһинэн тайах таныытыгар хатана түһэн баран, туох баар ыйааһынынан тайах төбөтүн ууга тимирчи тарпыта.
8 баал:
Уйбаанчык Туу – Хаах көмүллүбүт буорун үрдүгэр кириэскэ туох диэн суруйбутай?
С өптөөх хоруй:
«Булчут ыт Түөрт Харах. 1943 сыл, алтынньы 4 күнэ.»