Араначчылыныы,харыстаныы хайа ба5арар омукка куускэ сайдыбыт ньыма буолар. Харысхал суолтатын хайа ба5арар омук араас суолталаан,ойуулаан-дьуьуннээн туттар. Ол курдук сахалар эмиэ сиэргэ-туомна туттар ойуулара угус элбэх. «Харысхал» ойуулары олонхону кытта дьуорэлээьин ыкса сибээстээх дии саныыбын.Олонхо да,ойуу да бу буттуун саха айыы айма5ын араначчылааьын,харыстааьын айымнньылара буолар. Саха ойуулара норуот материальнай уонна духовнай культуратын таьымын кэрэьэлиир бар5а баайа , ол быьыытынан кини ис тутулугар киьи ойун кууьэ , санаатын сатабыла ,уран тарба5ын талаана бииргэ тумуллубут . «Харысхал» ойуулар киьи тулалыыр эйгэтин, дьиэтин- уотун,туттар малын - тэрилин ,оло5ун -дьаьа5ын ,сирин–дойдутун,айыл5атын кытта ыкса сибээстээх уонна киьи аймахха харысхал,алгыс быьыытынан киэнник биллэр ойдобуллэр тустарынан саха норуота бэйэтин ураты санаатыгар,кини эстетическай ирдэбилин тыыныгар соп тубэьэр ис хоьоонноох. Оьуор – кэпсиир тылынан буолар уус–уран образтааьын.Элбэ5и хомо5ойдук кэпсиир , киьиэхэ кэбэ5эстик тиийимтиэ , аьары чочуллубут. Онон оьуор ис хоьооно киьи – аймах оло5ор харысхал уонна алгыс быьыытынан туттуллара саарба5а суох. Саха ойуута – бичигэ сурдээх элбэх коруннэрдээх.
Саха дьонугар киэнник биллэр уус , норуот маастара,этнографБ.Ф.Неустроев – Мандар-Уус саха оьуорун – мандарын хомуйуунан 60-с сыллартан дьарыктанар . Кини оьуор 1500 араас корунун хомуйан кэлэр колуонэ5э улахан бэлэх онорбута. Ол курдук 300комус ,700 мас ,200танас,120 туос оьуора.
Көҕүөр ойуу чаппараахха көстүүтэ
Хаан аймах сайдыытын, кэҥээһинин,
оҕо – уруу тэнийиитин көрдөрөр бэлиэ
Тас хаан аймах бэлиэтэ
Ийэ көҕүөр үс кэккэ күрүөлэнэр:
- Хаан- уруу аймах
- Төрөөбүт төрүт буор
- Айбыт аар айылҕанан
Обугэлэрбит алгыстаах,харысхал ойуулара.
«Кун ойуу»- Урун кун бэлиэтэ.Дьолу-соргуну тосхойор, сахаларга олус ытыктанар ойуу.
«Ус салаалаах унугэс»- уун,сайын,тэний диэн суолталаах ойуу.Бу ойууну Ийэ Ко5уоргэ-тэнийиини,сайдыыны,араначчылыыр суолталаах тутталлар.
«Уунээйи ойуу»- ийэ айыл5аны кытта ыга тутуьа сырыт,бар5арар,байар суолу тустуур ойуу.
«Хабар5а ойуу», «От ойуу»- суоьу,ас элбээтин,урун тунах уллэ турдун диэн алгыстаах ойуулар.
«Кымырда5ас ойуу»- куустээх,эйэлээх,бииргэ тумсэн,суурэн-котон,улэлээн-хамсаан,иллээх санаанан,биир ойунэн сылдьын,олорун диэн алгыстаах ойуу.
«Кириэс ойуу», «биэс харахтаах харысхал ойуу»- сэрэтии,харысхал бэлиэтэ.Киьи кута-сурэ,оло5о туруктаах буоларыгар,дьайы ургутэр,куьа5аны чугаьаппат бэлиэ.
«Бараан муоьа», «Туорай», «Хой муоьа» -о5о биьигин араначчыта,уот,холумтан буолар ытык ойуу.Харысхал,дурда-хахха бэлиэтэ.
«Сурэх,буор ойуу»- эдэр киьи,о5о бэлиэтэ.
« Ураьалыы ойуу»- урдук айыылартан кордоьуу бэлиэтэ.Сылаас дьиэлээх-уоттаах,баай-талым олохтон диэн суолталаах .
« Ынырыа уйата» ойуу- элбэх минньигэс астаах-уоллээх,сурдээх улэьит дьонноох-аймахтаах дьон буолун диэн алгыстаах бэлиэ.
« Илим хара5а ойуу»: ус суолта5а араарыллар . Баай-талым олох кэрэьитэ.Эбэ иччититтэн кордоьуу бэлиэтэ.Харысхал ойуу.
«Бугуйэх ойуу»- угус куруолээх –хаьаалаах,сылгы-суоьу баайдаах ыал буолун диэн алгыстаах ойуу.