Просмотр содержимого документа
«Тылы фонетическай ырытыы бэрээдэгэ»
Фонетическай ырытыы бэрээдэгэ:
Тыл дорҕоонун уонна буукубатын ахсаанын быьаарыы.
Биирдии дорҕоону ырытыы:
Аһаҕас дорҕоон – кылгас/уьун , илин/кэлин , уос/айах , киэн/кыараҕас.
Бутэй доҕоон – ньиргиэрдээх/дьиэрэйэр/ньиргиэрэ суох, төлөрүйэр/быыһылыыр, үөскүүр миэстэтэ (уос, тыл инньэ, тыл ортото, тыл кэннэ, тыл төрдө, бэлэс).
Холобур, остуоруйа – 8 дорҕоон, 9 буукуба.
[о] – кылгас, кэлин, уос, киэн аһаҕас дорҕоон.
[с] – ньиргиэрэ суох, быыһылыыр, тыл иннинээҕи бутэй дорҕоон.
[т] – ньиргиэрэ суох, төлөруйэр, тыл иннинээҕи бутэй дорҕоон.
[уо] – дифтонг.
[р] – дьиэрийэр, быыһылыыр, тыл ортотунааҕы бутэй дорҕоон.
[у] – кылгас, кэлин, уос, кыараҕас аһаҕас дорҕоон.
[й] – дьиэрийэр, быыһылыыр, тыл ортотунааҕы бутэй дорҕоон.
[а] – кылгас, кэлин, айах, киэн аһаҕас дорҕоон.