Тура5ас кугас аттаах тойон Дьулустаан бухатыыр
( Спиридон Петров олоңхотун матыыбынан олоңхо – пьеса сценарийа)
Павлова Нина Дмитриевна
Тойон Дьулустаан Бухатыыр –
Тосхолдьуйа Куо –
Сорук Боллур –
Айыы Нуо5алдьын –
Арыалдьыттар –
Аллар Атамаан -
Дьон - сэргэ –
Эмээхсин –
О5онньор –
Кэпсээнньит –
Тура5ас кугас аттаах тойон Дьулустаан бухатыыр
(Спиридон Петров олонхотун матыыбынан олонхо – пьеса)
Алаас са5ата. Колуйэ урдэ. Сайын. Тойон Дьулустаан бухатыыр бултуу сылдьар. Уот оттон аьаары олорор. Кулуну мииммит Сорук Боллур уол ойутан киирэр. Сугуруйбэхтиир.
Сорук Боллур уол:
Оьулаатан! Оьулаатан!
Тура5ас кугас аттаах
Тойон Дьулустаан бухатыыр,
Тойон ини убаккаам,
Убаккаам, убаккаам!
Аллараа дойду
Адьыр5а кыыла
Ала буурай аттаах
Аллар Атамаан обургу
Омоллоон тойон о5онньор,
Туотайа хотун эмээхсин
Хара диэлэрин хараначчытын,
Урун дьиэлэрин урумэччитин
То5ус былас суьуохтаах
Тосхолдьуйа Куону
Уоран-талаан барда.
Курдукчай, курдукчай!
Алдьархайтан абыраа диэн
Ааттаьан эрэллэр.
2
Тойон Дьулустаан ойон турар. Бултуур тэрилин хомуйа тардан бараары гынар. Кыталыктар кынкырдаьар саналара иьиллэр. Айыы Нуо5алдьын уда5ан арыалдьыттарын кытта киирэн кэлэр.
Айыы Нуо5алдьын уда5ан:
Дьэ-буо, биэбэйиэм,
Тура5ас кугас аттаах,
Тойон Дьулустаан бухатыыр,
А5ыс арыалдьыттаах
Айыы Нуо5алдьын уда5ан диэн
А5аьын бу кэллим.
Арыалдьыттар:
Дом ини, дом ини, дом!
Дом ини, дом ини, дом!
Дьэ-буо, биэбэйиэм,
Олоору гыммыты
Оруьуйэргэр анааммын
Олбот мэнэ ута5ын
Эйиэхэ а5аллым.
Дом ини, дом ини, дом!
Дом ини, дом ини, дом!
Абааьы айма5ын
Ааныттан эьэннин
То5ус былас суьуохтаах
Тосхолдьуйа Куо до5оргунуун
Аан ийэ дойдугутугар
3
Айхал аргыстаах
Айаннаан кэлээрин.
Дом ини, дом ини, дом!
Дом ини, дом ини, дом!
Айыы Нуо5алдьын уда5ан туой турда5ына айыы уда5аттара Тойон Дьулустаан бухатыыр куйа5ын, батыйатын, дуула5атын биэрэллэр, сугуруйэн баран кыталык буолан кото тураллар. Тойон Дьулустаан кыргыьыыга киирэр танаьын таннар. Тулатын корунэр.
Тойон Дьулустаан:
Дьэ-буо!
Айгыр-силик
Аан ийэ дойдуом!
Аьыныгас санаалаах
Айыым аймахтараа!
Адьарай айма5ын
Ааныттан эьэммин
Аналлаахпын кытта
Айхал аргыстаах,
Кыайыы котоллоох
Эрэйбин ситэн
Эргиллэн кэлиэхпэр диэри
Этэннэ олорун!
Ус оттугэр сугурус гынар. Сыанаттан тахсан барар.
Аллараа дойду. Сыана кэннин диэки суорба таас хайа турар. Сымара таас урдугэр Тосхолдьуйа Куо ытыы олорор. Аллар Атамаан хайа хаспа5ар саьан туран иьиллиир, уорэр-котор.
4
Тосхолдьуйа Куо:
Ыый-ыый-ыыйбыан,
Аай-аай-аайбыан!
Аллараа дойду
Адьыр5а кыыла
Ала буурай аттаах
Аллар атаман обургу
Аан ийэ дойдубуттан,
А5алаах ийэбиттэн
Арааран а5алан,
Ата5астаан эрэр.
Аанай-туонай абабыан!
Тура5ас кугас аттаах,
Тойон Дьулустаан бухатыыр
до5оччугуом,
Суох да буолларгын баар
Буоланнын
Аан ийэ дойдубар,
А5алаах ийэбэр тонуннэриий!
Аллар Атамаан кулэн куьугуруур, суодэкис гынан, биирдэ баар буола туьэр.
Аллар Атамаан:
Аар-дьаалы
Дьэ, хотуой!
То5ус былас суьуохтаах
5
Тосхолдьуйа Куо барахсаан!
Мин диэтэх кисини,
Аллара дойду
Адьыр5а кыылын,
Сирэн силлэңнии олорума!
Ойох ылабын,
Онон бутэр!
Ньыгы – ньыгы – ньыгынык!
hэ-hэ-hэ-hэ-hэ-hэ-hэ
hоо-hоо-hо-hо-hо-hо-hо
Эмискэ этиң этэн дьигиhитэр, ча5ыл5ан ча5ылыйар.
Бухатыыр киhи атын туйа5ын тыаhа улам улаатан иhэр.
Аллар Атамаан соhуйан чохчос гынар.
Аллараа Атамаан:
Хотуой! Хотуой!
Саhа охсуохха!
Кутур куустээх
Буул5а бухатыыр кэллэ быhылаах!
Чэ,чэ,тургэнник!
Харааран кɵстɵр хайа хаспа5ар Тосхолдьуйа Куону илдьэн анньан кэбиhэр,
Бэйэтэ саhан хаалар. Ат туйа5ын тыаhа ɵссɵ кууhурэр. Тойон Дьулустаан киирэн кэлэр.
Тойон Дьулустаан:
Кɵр бу! Кɵр бу!
Аллараа дойду
Адьыр5а кыыла
Аллар Атамаан обургу!
То5ус былаас суhуохтаах
Тосхолдьуйа Куо диэн
Аналлаах до5орбун
Уоран – талан кэлбиккин
Ир суолгун ирдээн,
Тоң суолгун тордоон
Тура5ас кугас аттаах
Тойон Дьулустаан бухатыыр
Тиийэн кэллим!
Дьэ дьикээр
Сип – сибилигин,
Сирэйгин эттиэм иннинэ,
Тосхолдьуйа до5орбун
Тус бэйэтинэн
Тута а5ала о5ус!
Аллар Атамаан саhан сытар сириттэн сарылаабытынан
Ыстанан тахсар.
Аллар Атамаан:
Ар – дьаалы!
Тура5ас кугас аттаах
Тойон Дьулустаан бухатыыр да буол!
Топпоторбун да5аны
Тура5ас аттыын ба5астыын
Туора ыйыстыа5ым!
То5ус былаас суhуохтаах
Тосхолдьуйа Куо миэнэ, миэнэ!
Охсуhан бараллар. Этиң
Этэр, ча5ыл5ан дапсыйар, айдаан –
Куйдаан. Абааhы уола ɵлɵр хаhыытын хаhыытыыр.
Аллараа дойду чуумпура туhэр.
Тойон Дьулустаан хайа хаспа5ар баран Тосхолдьуйа Куону
Сиэтэн таhаарар. «Уруй! Уруй!Уруй!» дииллэр, сиэттиhэн тахсан бараллар.
Уhус хартыына.
Орто дойду. Аал Луук Мас уунэн лаглайан турар.
Дьон – сэргэ санаар5аан олороллор, тураллар. Кулунчук ата5ын
Тыаhа иhиллэр. Сорук Боллур уол ойутан киирэр.
Сорук Боллур:
Оhулаатаң! Оhулаатаң!
Тура5ас кугас аттаах
Тойон Дьулустаан Бухатыыр
Тосхолдьуйа Куо барахсаны
Аллараа дойду
Аңаарыйар ааттаа5а
Аллар Атамаан обургуттан
Абыраан – Быыhаан
Аан ийэ дойдутугар
А5алан иhэр.
Дьон – сэргэ ойон тураллар.
Сууруу - кɵтуу, супсугуруу. «Бу дьолу», «Бу уɵрууну»,
Диэн саңа аллайаллар. Аал Луук Мас анныгар сахалыы иhити – хомуоhу
А5алаллар, ас тардаллар.
Олбохтору тэлгииллэр. Ат туйа5ын тыаhа иhиллэр.
Дьон «Иhэллээр! Иhэллээр!» - дэhэллэр.
Тойон Дьулустаан Бухатыыр Тосхолдьуйа Куону сиэтэн
Киирэр кэлэр. Кыргыттар Тосхолдьуйа Куону ийэлээх
А5атын аттыгар а5алаллар. Ийэлээх а5ата харахтарын уутун илгэ – илгэ
Саба туhэн кыыстарын сыллыыллар.
Тосхолдьуйа Куо:
Дьэ – буо! Дьэ буо!
Кун кубэй ийэкээм!
Айбыт аар тойон а5аккаам!
Аhыныгас санаалаах
Айыы аймахтара,
Кɵмускэс санаалаах
Айыы аймахтара,
Кɵмускэс санаалаах
Кун улууhун дьонноро!
Тура5ас кугас аттаах
Тойон ДЬуластаан бухатыыр
Абааhы айма5ын
Аатта5ын кыайан,
Аллараа дойдуттан
Арааран а5алан
Алама5ай ма5ан куммун кɵрдɵрдɵ!
Туhаннаах до5оччугуом,
Тойон Дьулустаан бухатыыр,
Уруң куну кɵрдɵрбут
Урдук утуɵ5эр
Уңэ – суктэ турабын.
Уруй! Айхал!
\
Бар дьон:
Тура5ас кугас аттаах
Тойон Дьулустаан бухатыыр
Убайбыт,
Уруй! Айхал!
Тойон Дьулустаан:
Дьэ буо! Дьэ буо!
Олохтоох тыллаах
Омоллоон тойон о5онньор,
Тойуктаах туйгуна
Туотайа хотун эмээхсин!
Хара дьиэ5ит хараңаччытын,
Уруң дьиэ5ит урумэччитин
Анааллаах до5орбун
Аан ийэ дойдутугар
Быыhаан а5аллым!